4 декабря 2022
👮🏼♂️Бу боппуруостары Улуус прокурора Михаил Кардашевскай үлэни биэрээччи тэрилтэлэри кытары көрсүһүүгэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин директорыгар Станислав Жирковтан ыйытта.
Ол курдук, киин билиһиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ улууска:
💼 Сыл саҕаланыаҕыттан уопсайа 552 киһи үлэ көрдөнөбүн диэн кииҥҥэ тахса сылдьыбыт. Олортон 403 киһи үлэ булбут ( ол эбэтэр 73%)
📊Учуокка турааччы — 129 киһи (
48% дьахтар, 12% 29 сааһыгар диэри эдэр дьон)
🎓47 киһи киин нөҥүө саҥа идэҕэ үөрэммит.
💸16 киһи 150´000 солк. субсидияннан туһаммыт, ол түмүгэр ким эрэ бэйэ дьыалатын арыммыт, ким эрэ «самозанятай» , ол эбитэр бэйэтигэр үлэлиир буолбут.
✅Бу сыл үлэни көрдөнүүгэ 6 дьаарбаҥка тэриллибит. Онно 180 киһи, 37 тэрилтэ үлэ миэстэтин таһаарбыт.
🧍🏻Сайыҥҥы бириэмэҕэ 14-18 саастарыгар диэри 110 оҕо лааҕырга хабыллыбыт.