Убаастабыллаах учууталлар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин педагогтара, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!

5 октября 2022

Эһигини Учууталлар аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлиибит.

Хас биирдиибит олоҕор, дьылҕатыгар Учуутал олус улахан дьайыылаах. Дьиҥнээх учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары хаалар.

Биһиги оҕолорбут улаатан истэхтэрин аайы, сылтан сыл саҥа билиини-көрүүнү ылаары оскуолаҕа кэлэллэр. Ол билиини тулуурдаах, үтүө санаалаах, ирдэбиллээх учууталлар биэрэллэр.

Учуутал үлэтэ – уустук эрээри, олус үтүө түмүктээх. Эһиги оҕо тулалыыр эйгэтин билэригэр, бу олоххо бэйэтин булунарыгар, ыарахаттары туоруурга, бэйэтин дьоһун уонна тус санаатын көмүскүүрүгэр, үөрэнэригэр көмөлөһөҕүт. Биһиги кэскилбит Эһигиттэн тутулуктаах — эһиги оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаараргытыттан.

Биһиги уһуйааччыларбыт киэҥ билиилэрэ, үлэҕэ баай уопуттара, идэлэригэр бэриниилэрэ, тулуурдара, үөрэнээччилэригэр тапталлара кэнэҕэһин даҕаны Саха сирин кэлим сайдыытыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

Учуутал – бу көннөрү идэ эрэ буолбакка, олох бэлэҕэ, анала. Эһиги оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ, кырдьыкка уһуйаҕыт, хас биирдии үөрэнээччигэ куккут-сүргүт сылааһын иҥэрэҕит. Оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕо сиэр-майгы, билии-көрүү бигэ акылаата ууруллар буолан, биир эрэ киһи дьылҕата буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду кэскилэ эмиэ түстэнэр. Эһиги бэриниилээх үлэҕит иһин муҥура суох махтанабыт уонна киэн туттабыт.

Эҕэрдэни кытта

Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев

Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Алквиад Тарасов