Солоҕоҥҥо «Ситим» сайдыы киин арылынна

24 ноября 2022

Сэтинньи 24 күнүгэр Солоҕон нэһилиэгэр «Ситим – Солоҕон сайдар эйгэтэ» диэн олохтоох бибилэтиэкэ иһинэн дьон толкуйун, бырайыагын өйүүр, сайыннарар, олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр ситим арылынна. Былырыын маннык куйаар бастакытын Бэрдьигэстээххэ аһыллыбыт буоллаҕына, билигин нэһилиэктэринэн аһыллан эрэрэ улахан үөрүү уонна ситиһии. Инникитин маннык киин Маҕараска аһыллара былааннанар. Аалай кыһыл лиэнтэни кырыйдылар Автономнай некоммерческай түмсүү «Индустрия будущего» директора Иван Степанов, «Солоҕон нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Александра Александровна уонна Татьяна Саввинова аатынан модельнай библиотека сүрүннүүр үлэһитэ Анна Дормидонтовна.