21 апреля 2024
Убаастабыллаах бииргэ үлэлиир, үлэлээбит коллегаларым, улуус дьокутааттара, олохтоох бэйэни салайыныы үлэһиттэрэ!
Эһигини идэлээх бырааһынньыкпытынан –олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Олохтоох бэйэни салайыныы — ханнык баҕарар общество төрдө. Бу норуот уонна судаарыстыба икки ардыларыгар улахан суолталаах. Биллэн турар, бу судургута суох үлэ уонна улахан эппиэтинэһи ирдиир.
Муниципальнай сулууспалаахтар уонна дьокутааттар үлэлэриттэн
социальнай-экономическай сайдыы уонна этэҥҥэ буолуу тутулуктаах.
Бүгүн биһиги уопсай сорукпут — нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтии, олорорго, үлэлииргэ уонна сынньанарга табыгастаах усулуобуйаны оҥоруу. Биһиги хамаандабыт биир сомоҕо үлэтинэн Горнай улууһа биир саамай кэрэхсэбиллээх уонна инфраструктурнай сайдыылаах улуустартан биирдэстэрэ буолуо диэн эрэнэбин.
Олохтоох бэйэни салайыныыга өр сылларга үлэлээбит бэтэрээннэрбитигэр ис сүрэхтэн махтанабын!
Улууспут, өрөспүүбүлүкэбит үүнэ-чэчирии сайдарыгар эһиги сүҥкэн кылаат киллэрбиккит — үтүө холобур буолар.
Барыгытыгар үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Горнай улууһун баһылыга Н.В.Андреев.