Мас тардыһыыта Горнайга

29 ноября 2022

Сэтинньи 25-27 күннэригэр Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи категориялаах судьуйа, өбугэ оонньууларын көҕүлээччи, биир дойдулаахпыт, бары ытыктыыр киһибит Дмитрий Иннокентьевич Никаноров сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыы турнира этэҥҥэ түмүктэннэ. Уопсайа курэхтэһиигэ 15 хамаанда, 122 спортсмен, олортон 2 — МСМК, 8 — МС РФ, 3 — МС РС(Я), уонна 6 — КМС. Эр дьоҥҥо 60 киилэҕэ 12, 65 киилэҕэ 15, 70 — 16, 75-11, 80-10, 90-5, 90 киилэттэн үрдүк ыйааһыҥҥа — 4, дьахталларга 55 киилэҕэ — 8 , 65 — 10, 65 үрдүк ыйааһыҥҥа — 6. Эр дьоҥҥо бэтэрээннэргэ 65 киилэҕэ — 2, 75 — 4, 75 урдук ыйааһыҥҥа — 2. Оҕолорго уолаттарга 60 киилэҕэ — 4, 70 — 4, 75 — 2, кыргыттарга абсолютнай ыйааһыҥҥа — 3, кэлэн кытыннылар.