14 сентября 2022
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Горнай улууһун уонна Бэрдьигэстээх, Маалтааны нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа бэлиэ, комсомол олоҕор актыыбынай үлэтин иһин бэлиэ, «Дуолан охсооччу» номинация, Комсомол киин комитетын бочуоттаах грамотатын хаһаайката Марина Михайловна Андреева бэйэтин дьиэ кэргэнин туһунан суруйбут кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Кыттыны ыллылар: Российскай Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, аграрнай, ас-үөл политика, айылҕаны туһаныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Афанасьевич Борисов, «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Андреев Никита Викторович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, өр сылларга «Үлэ күүһэ» хаһыат редакторынан үлэлээбит уонна кинигэ суруйуутугар үлэлэспит Алексеев Василий Ильич, кинигэни хомуйан оҥорбут Марина Михайловна, «Бүлүү» федеральнай суол салайааччыта, Марина, Иван Андреевтар уоллара Николай Иванович Андреев, Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим кылаабынай библиографа, Иван Гаврильевич балтыта Анастасия Ивановна Заровняева уонна Андреевтар дьиэ кэргэн аймахтара.
Ытыктабыллаах дьоммутун Марина Михайловнаны, оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын, кинигэҕэ үлэлэспит бар дьону итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Кинигэҕит күн сирин көрөн үйэлэри уҥуордаан, элбэх дьон сэҥээриитин ылан өйдөбүнньүк, эдэр ыччакка үтүө холобур буоллун.