7 февраля 2023
Бүгүҥҥүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын 2022 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн туһунан отчуот улууспут нэһилиэктэринэн саҕаланна.
СӨ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруг бэрэстэбиитэлин, СӨ бэрэссэдээтэлин бырабыыталыстыбатын солбуйааччы Ким Борисов салайыытынан отчуоттуур бөлөх Кэптиҥҥэ сырытта. Көрсүһүүгэ бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сылга туох үлэ ыытыллыбытын нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрдилэр.
Маалтааныга саамай тыын боппуруостарынан — суол уонна хочуолунай буолалларынан манна кэллилэр транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова, СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин департаменын салайааччы Гурианна Арсеньева, Ил Түмэн депутата Феодосия Габышева, улуус баһылыга Никита Андреев. Отчуоту 49 киһи кэлэн иһиттэ. Олохтоохтор маслоцех кыһалҕатын, тыа хаһаайыстыбаҕа эбии субсидия көрүллэригэр көрдөстүлэр. Маны тэҥэ от субсидиятыгар көмө оҥоһуллубутун олус сэҥээрдибит диэн олохтоохтор үллэстилэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар быйыл хаһан да көрүллүбэтэх элбэх харчы көрүлүннэ, оҕолорго үлэни сөргүтүү, демография өттүгэр салгыы үлэ барар диэн Феодосия Габышева иһитиннэрдэ.
Суол туһунан. Кэптиннэр сайын суолга эрэй бөҕөнү көрөбүт диэн үлэ түргэтииригэр Правительствоттан көрдөстүлэр. Суол боппуруоһугар Ольга Рафаилова маннык хоруйдаата: 💬«3,5 км кэриҥэ суол өрөмүөнүгэр харчы көрүллэригэр салгыы улуустан этии сайаапка киирдэҕинэ булгуччу ону ылыныахпыт» — диэн олохтоохтору үөртэ.
Орто-Суртка дылы автобус сырыытын өттүгэр анал үлэлиир бөлөх маршруту үөрэтэн көрүүтүгэр киллэриэхпит диэн иһитиннэрдэ.
Тонгулахха уот, дизель кэлэрин, котельнайга саҥа икки оһохтор турарын, эбии иккис котельнай тутулларын туруорустулар. Иккис котельнай тутуутун министерство иһинэн быһаарса сылдьабыт, бу котельнайы киллэриэхтээхпит диэн Гурианна Арсеньева иһитиннэрдэ.
Уу ситимэ тутулларын, учуутал хамнаһа кыратын эттилэр. СВОҕа сылдьар дьиэ кэргэҥҥэ кииннэммит ититии ситимэ дьиэҕэ кэлэригэр туруорустулар, нэһилиэк дьаһалтатыгар саҥа массыына бэриллэригэр, спортивнай саала тутулларыгар, саҥа тутуллуохтаах амбулаторияҕа быраас кэлэригэр, «Обеспечение жильем молодых семей» программаннан эбии квота көрүллэригэр баҕа санааларын эттилэр.