10 января 2023
Горнай улууһун дьаһалтата, улуус депутаттарын Сэбиэтэ, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, улуус тэрилтэлэрин, нэһилиэнньэни кытта хардарыта бииргэ үлэлэһэн, Арассыыйаҕа норуот ускуустубатын уонна норуоттар материальнай култуурунай нэһилиэстибэлэрин, Саха сиригэр Ийэ, улууска Экология сыллара, Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100, сылларын олоххо киирэллэригэр анаммыт үлэни хамнаһы ыытан кэллилэр.
Горнай улууһугар Атамай, Маҕаны, Солоҕон нэһилиэктэригэр муниципальнай быыбар ыытылынна, быыбарга 11 быыбардыыр учаастактарынан барыта 1430 киһи кытынна. Дьон быыбарга кыттыыта 67,23 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, эбии Атамай, Маалтааны, Мытаах, Одуну, Маҕаны, Солоҕон нэьилиэктэр депутаттара быыбардаммыттара 6 участковай комиссиялар улэлээбиттэрэ.
Экономика
Республика Правительствота туруорбут былааннарыттан 11 ый тумугунэн промышленнай бородууксуйаны оцорон таьаарыыга былаан угус кердеруулэринэн туолла, ол иьиттэн:
Тыа хаьаайыстыбатын бородууксуйатын оцорууга:
Тыа хаьаайыстыбатын кердеруулэригэр ааспыт сыл кердеруутугэр тэцнээтэххэ:
Суеьу тебетун ахсааныгар:
Ынах суеьу тебетун ахсааныгар – 98,31 % о.э. 4538 тебе
Ынах ахсааныгар – 94,90 % о.э. 2068 тебе
Сылгы тебетун ахсааныгар – 112,43 % о.э. 5335 тебе
Сибиинньэ тебетун ахсааныгар-150 % о.э. 19 тебе
Кетер ахсааныгар – 170 % о.э. 1408 тебе
Олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн программатын олоххо киллэрии
Олохтоох ининициативаны өйүүр программанан 2022 сылга 9 бырайыак олоххо киирдэ.
№ |
Нэьилиэк |
Проект |
Проект сыаната(солк.) |
1 |
Бердигестях | Суол ерумуенэ Тимирязев уулуссага |
2 023 220,0 |
2 |
Бердигестях | Ого площадкатын тутуута ТОС «Чэбдик» |
1 935 117,0 |
3 |
Бердигестях | Баьаарынай водовоз ылыыта |
2 200 000,0 |
4 |
Асыма | Центральнай уулусса ерумуенэ |
2 502 880,0 |
5 |
Кептин | Трактор атыылаьыыта |
2 277 000,0 |
6 |
Магарас | Беьуелэк иьин суолун ерумуенэ |
1 800 000,0 |
7 |
Кюерелях | Уулусса уотун тардааьын |
1 775 000,0 |
8 |
Кюерелях | Трактодром тутуута |
1 993 882,0 |
9 |
Ерт | Сологон нэьилиэгэр спортзал ерумуенэ |
3 839 529,8 |
Итого: |
20 346 688,7 |
Тыа хаһаайыстыбата
Тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматын чэрчитинэн дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга бүддьүөттэн үп көрүллэн, нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуутугар уонна бэйэ бородуксууйатынан хааччыныыга 2 748 сымыыттыыр куурусса, 326 бройлер чоппууска, 265 сибиинньэ оҕото, 69 хаас, 7 индюк уонна 2 коза түҥэтилиннэ. Уопсайа 485 дьиэ кэргэн бу ейебулунэн туьанна, маны кытта 461 куул босхо комбикорм тунэтилиннэ.
Быйылгы кыстыкка 9,3 тыһ. тонна от бэлэмнэннэ, сыллааҕы былаан 77% туолла, 545 тонна сенаж бэлэмнэннэ. Хаһаайыстыбалар мобильнай бригада тэринэн ыраах сытар сирдэргэ 1885 тонна оту оттоотулар. Улуус үрдүнэн 3 тыь. тахса га ходуьа ууга былдьанна. Үрдүкү салалта уу халааныттан эмсэгэлээбит хаһаайыстыбаларга суеьу аьын ылыытыгар кеме онордо, ол курдук 585 тонна комбикорм, эбиэс уонна гранулированный от атыылаьыытыгар уонна ыраах сытар сирдэртэн 806 тонна от тиэйиитигэр республика бюджетыттан субсидия керде. Улуус дьаьалтата олохтоох хаьаайыстыбаларга 353 тонна чэпчэтиилээх от уонна сенаж атыылаабыт хаьаайыстыбаларга 1,5 мел суумалаах кемену керде, маны таьынан халаантан эмсэгэлээбит уьук сытар Маалтааны нэьилиэгин хаьаайыстыбаларыгар уонна мобильнай бригада тэринэн Дьокуускай куорат арыыларыгар от оттуур техниканы туоратыыга Октябрьскай нэьилиэгэр уопсайа 674 тыь. солк улуус бюджетыттан кеме керуллубутэ.
«Кормопроизводство сайдыытын» бырагырааматыгар киирсэн улууска 18 километр бутэй, 100 тахса га ыьыы сирэ оноьулунна, 7 сир онорор техника атыылаьынна, 32 тонна элбэх уонна биир сыллаах от сиэмэтин атыыластылар.
Адьырга кыылы аччатыыга 7 эьэ, 50 бере бултанна.
Бэрдьигэстээх уонна Маалтааны нэһилиэктэригэр 50 сүөһү турар 2 хотон үлэҕэ киирдэ.
Маалтааны уонна Сологон нэьилиэктэригэр Сахаагромплем тэрилтэни кытта бииргэ улэлэьии себулэн чэрчитинэн племенной атыыр огустар кэллилэр.
Тыа хаьаайыстыбатын министирэстибэтин нецуе «Фермердэри өйүүр уонна тыа сирин кооперациятын сайыннарар тиһиги тэрийии» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн Бэс куелуттэн Федоров Валерий Иванович бааһынай хаһаайыстыбатыгар 3 мөл. солк. “Агростартап” грана бэрилиннэ, сылгы базатын тутуутугар 3 хаьаайыстыба Бэс куелуттэн Аьыматтан уонна Одунуттан 3 мел. суумалаах гран ыллылар.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, үүт аһы уонна эт оҥорон таһаарар сыахтарга матырыйаалынай – тиэхиньиичэскэй баазаларын сайыннарыыга, саҥардыыга улуустан 1 мөл. 2 тыь. солк, субсидия көрүллүбүтэ. Улуустан көрүллүбүт субсидиянан холодильнай оборудование уонна балык астыыр оборудование ылылынна.
Горный ас тэрилтэ 2359 тонна ууту уонна 36 тонна эти со5утуопкалаата, быйыл автоклав оборудованиетын ылан эт кэнсиэрбэтин оноруутун сагалаата.
Тутуу
— Улууска 8 151 кв.м. иэннэх 98 чааһынай дьиэ туолла 203.8 %, федеральнай бырагыраама чэрчитинэн «2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» Бэрдьигэстээх нэьилиэгэр 7 таас дьиэ 176 квартиралаах 2022 с. ахсынньы ый бутуутэ тумуктэнэр.
— 2022 сыл Универсальнай стрелковай комплекс 50 миэстэлээх интерната муус устар 8 кунугэр уеруулээх арыллыытын тэрээьинэ ааспыта.
— Эьиил 2023 сылга федеральнай бырагыраама чэрчитинэн «2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» Бэрдьигэстээх нэьилиэгэр Сэргэлээх кыбаарталга 42 квартиралаах ООО «Томтор» тэрилтэ тутуу улэтин тумуктуехтээх. Ону таьынан Мытаах нэьилиэгэр 12 квартиралаах уонна Куерэлээх нэьилиэгэр 18 квартиралаах таас дьиэ ООО «Аурис» тэрилтэ тутуутун сагылаабыта.
— Билинни кэмнэ тутуу улэтигэр Бэрдьигэстээххэ С.Данилов аатынан 550 миэстэлээх орто оскуолатын тутуутун улэтэ тумуктэнэн эрэр. Застройщик ООО «Союз-Инвест». Тутуу бэлэмэ 85%. 1 кыбаартал 2023 сылга улэгэ киирэр.
— Бэс-Куел нэьилиэгэр В.Д. Лонгинов аатынан 150 миэстэлээх орто оскуолатын туттутун улэтэ бэс ыйын 2022 с. сагаланна. Застройщик ООО ИСК «Союз». Билинни кэмцэ тутуу бэлэмэ 4%.
— Бизнес сыантыр еремуенэ улэтэ ыытылла турар ИП
— Эбии уерэхтээьин Л.Е. Лукина аатынан сыантырыгар анаан Эргис дьиэтин еремуенэ улэтэ бара турар.
— Орто-Сурт уонна Ма5арас беьуелэктэригэ элбэх квартиралаах дьиэлэргэ еремуен уонна благоустройства улэлэрэ ыытылыннылар.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үлэ ыытыллар
— 100-летие ЯАССР уонна Алыцах квартал просека солооьунун улэтэ тумуктэннэ.
— ДРСУ уонна Заречнай кварталларга просека солооьунун улэтэ ыытыллар.
— Эьиил 2023 с. уотун ситимин тардыытыгар (ПАО «Якутскэнерго») уонна суолун оцоьуутугар улэлэр быланнаннылар.
Маһы ыраастааһын
— Элбэх о5олоох дьиэ кэргэннэ бэриллибит сирдэргэ «100-летие ЯАССР», «Алынах» кварталлары инженернай инфраструктураннан хааччыйарга маьын ыраастааьын улэтэ тумуктэннэ. «ДРСУ» уонна «Заречный» кварталларыгар маьын ыраастааьын улэтигэр ООО «Мирком» тэрилтэлиин контракт баттанна.
Суолу тутуу
— Ленина уулуссаттан С.Данилова улуссатын силбэьиитин Сергелях улэтэ ыытылынна.
— Орто-Суртан Кэптиннэ барыы муниципальнай айан суолун 3 пусковой комплексын тутууга бырайыактыыр-чинчийэр үлэни Геопроект тэрилтэ оҥорон, госкспертизаны ааста.
— Бэрдьигэстээхтэн Соло5оццо барыы муниципальнай айан суолугар 2 км-даах ООО «Амгор» тэрилтэ еремуеннээтэ, ону таьынан Улуу-Урэ5и туоруурга муоста ООО «Якутиндустрия» тэрилтэлиин контракт баттанна.
— Эбэ участагыттан Буор алааьыгар барыы айан суолугар 2,8 км-даах улэтэ тумуктэммитэ.
ПЧС
— улууспут, нэьилиэк дьаьалталарынан уонна ГУП «ЖКХ» эбии 28 ыал центральнай отоплениега холбонно. Ол иьигэр Орто-Сурт нэьилиэгэр 18 дьиэ уонна Ма5арас нэьилиэгэр 10 дьиэ центральнай отопления5а холбонно.
— Ма5арас нэьилиэгэр «Балыаьа» котельнайын еремуен уонна кууьурдуу улэтэ барда.
— Бэрдьигэстээххэ 7 котельнайдар газ уматыкка кеьеруу улэтэ тумуктэннэ.
«Бэрдьигэстээх нэһилиэгин ууннан хааччыйыы»
— Эьиил 2023 с.Бэрдьигэстээх Дамбатыттан ууну хачайдаан, ыраастан иьэр станция тутуутун улэтэ ыытыллар.
Бырайыактар
— убайдыы-бырааттыылар Софрон уонна Семен Данилов анаан Бэрдьигэстээх нэьилиэгэр мини-сквер проекта оцоьулунна. 2023 сылтан тутуутун улэтэ былааннар.
— Эьиил 2023 с. Бердигэстээх нэьилиэгэр 12 квартиралаах Березовая уулуссага социальнай хайысхалаах дьиэ проега оцоьуллунна.
Градостроительнай үлэ
Градостроительнай докумуоннары онорууга Одуну нэьилиэгин Харыйалаах беьуелэгэ уонна Маалтааны нэьилиэгин Тоцуулаах беьуелэктэригэр генеральнай былаан уонна правила землепользования и застройки оноьулунна. Управление архитектуры и градостроительства при Главе РС(Я) градостроительнай докуменнары онорууга диэн куонкуруска сайаапка ыытан государственнай бюджеттан эбии бюджет керуллэн Бэрдьигэстээх нэьилиэгин генеральнай былаана, правила землепользования и застройки, проект планировки и межевания территории оноьулунна. Ону тэнэ 5 нэьилиэккэ — Аьыма, Бэс-Куелэ, Дьикимдэ, Кэптин, Ерт беьуелэктэригэр генеральнай былааннара уонна правила землепользования и застройки оноруутун улэлэрэ бара тураллар.
«ЭЙГЭ» архитектурнай бириэмийэ быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын ыытылынна, тэрийээччи СӨ архтектураҕа салалтата буолар. Күрэскэ элбэх улуус кытынна, Бэрдьигэстээх нэһилиэгиттэн саамай элбэх сайаапка барда.
Ол курдук Бэрдьигэстээхтэн 23 сайаапка барбытыттан, «Лучший дизайн среды» диэн номинацияҕа Дизайн код кыайыылаа5а буолла. Уонна Одуну нэьилиэгиттэн 1 сайаапка баран «Лучшая дворовая территория» номинация5а Мини-парк «Аартык» кыайыылаа5ынан та5ыста.
Ону таһынан бары сайаапкалары көрөн, нэһилиэккэ баар инфраструктуралары, уопсастыбаннай сирдэри уонна уопсай үлэ түмүгүн сыаналааннар Бэрдьигэстээх нэьилиэгэ Гран -При үрдүк аатын ылан, эһиилги сылга общественнай пространстволарга үлэ ыытарга диэн 10 мөл. солк. бириэмийэҕэ тигистэ.
Сир сыһыаннаһыылара
Уопсайа 654 элбэх о5олоох ыал босхо сир ылар быраабынан туьанна, ол иьиттэн быйылгы сылга 101 ыал сир ылла. Улуус баьылыгын дьаьалынан мкр. “100 летие ЯАССР” 87 учаастогы биэрэргэ жеребъевка ыытыллан улэ бара турар.
Дальнай Востокка сири биэрии сокуонугар олоҕуран 612 сайабылыанньа киирэн, 327 договор регистрацияланна. 120 киьи сири туһаныыга декларация оҥорон бигэргэттилэр. Сыллаа5ы договор уонна декларация былааннара туолла.
Бэс-Куэл, Аьыма, Магарас бөһүөлэгтэригэр ону таьынан Кировскай, Маганы, Малтааны, Одуну, Соло5он нэьилиэктэригэр тыа хаьаайыстыбатын сирдэригэр биир кэлим кадастровай үлэлэр ыытыллыннылар, ол тумугунэн 1565 — хамсаабат баай дуол, 3768 сири докумуоннатыы улэтэ барда. Харыстанар сирдэргэ баар (Сиинэ парка5а, Харыйалаах ресурснай резерватка) урут ылбыт докуменнаах, сирдээх дьонмутугар сирдэрин кадастравай учетка туруоруу улэтэ барда.
Культурнай нэьилиэстибэгэ турар объектары докуменнааьын, кадастровай учетка туруу улэтэ барда, ол курдук республикай бюджетыннан 7 хамсаабат баай дуолга, 1 сиргэ, местнай бюджеттан 4 хамсаабат баай дуолга. Муниципальнай программаннан элбэх о5олоохторго, аукціон сирдэрин, муниципальнай объектар сирдэрин 125 туруордубут. Комплекснай кадастровай үлэлэри ыытыыга, өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурска кыттан эһиил Бердигэстээх 3 квартала уонна хаалбыт нэьилиэктэр оттуур ходуьаларга биир кэлимсэ кадастровай улэлэр ыытыллыахтара.
518 федеральнай сокуон улэ5э киирэн урут учуоттаммыт баайы-дуолу булан уонна олор тустарынан сибидиэнньэни Росреестрга учетка ыытыы улэтэ бара турар.
Быра5ыллыбыт сирдэри чэлугэр туьэрии федеральнай программа5а киирэн 1010 га тыа хаьаайыстыбатын сирдэрэ кадастровай учетка туралларыгар улэ барда.
Тыа хаьаайыстыбатын сирин инвентаризациятын ГАИС МИЗО систематыгар угуу улэтэ бу сылга тумуктэннэ уопсайа 5622 сир даннайдара программа5а киирдилэр.
Муниципальнай эцэну оцорууга Росреестрга 13169, ФНС 430, РЦТИ га 552, МВД 100, Загс 53 запростар оцоьулуннулар. Росреестр сайтын нэцуэ муниципальнай эцэ 701 кэруц, ол иьиттэн электронно 444 заявка оцоьулунна.
Гаастааһын
Бэрдьигэстээххэ Бэс ыйын 29 күнүгэр ПМК, ДРСУ, Заречный, МСО туелбэлэригэр уонна Атырдьах ыйын 22 кунугэр Эбэ туелбэтигэр «күөх төлөн» киирэн улуус историятыгар бэлиэ күн буолла. Нэһилиэккэ күн бүгүн 324 чааьынай дьиэ, 18 гараж, 18 тэрилтэ холбонно.
Бэрдьигэстээххэ олорор дьиэлэри гаастааһын бырайыак «2020-2025 сылларга тыа сирин территорияларын биир кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагырааманан ыытылынна.«Саха Альтер Трейд» тэрилтэ ПМК, ДРСУ, Заречный, МСО түөлбэҕэ уопсайа 25 005,5 м. газопровод уонна 414 стояк онордо. Онтон Эбэ туелбэгэ «Промэнергогаз» диэн тэрилтэ 16 568,1 м. газопровод уонна 319 стояк онордо. Уопсайа 733 олорор дьиэҕэ гаас утаҕа тардыллынна.
Улуус урдунэн 878 ыал гаас ситимигэр холбонон олорор, уопсайа газопровод уьуна 124,8 км.
“Сахатранснефтегаз” тэрилтэттэн социальнай газификация техусловияны Бэрдьигэстээх нэһилиэгин 505 ыала ылбыт. Үһүс пусковой комплекска холбонор ыаллары гаастааһын үлэтэ саҕаланан бырайыак экспертизаны ааста.
Доруобуйа харыстабыла
2022 сыл 11 ый тумугунэн 129 о5о төрөөтө, 86 киһи өллө, 1 сааһыгар диэри биир оҕо өлүүтэ бэлиэтэннэ. Киһи өлүүтүн биричиинэтинэн бастакы миэстэҕэ хаан эргиирин ыарыылара тураллар, иккис миэстэҕэ сосудистай деменция, үһүс миэстэҕэ искэн ыарыылара.
Оҕолору вакцинациялааһын былааннаахтык ыытыллар. Нэһилиэнньэ флюорографическай чинчийиитэ 94,5% оҥоһулунна, нэһилиэктэргэ ФЛГ-камаз үлэлээтэ. Диспансеризация уонна профилактическай керүү үлэтэ ыытылынна.
Доруобуйа харыстабылын дааннайдарынан медицинскэй информационнай системаҕа үлэ салгыы бара турар. Быйыл РТ-МИС диэн сана информационнай система улэ5э киирдэ. Быйылгы сылтан «Цифровой медицинский профиль жителя Горного района» бырайыак оноьуллан, Правительство ненуе бигэргэннэ, улэтэ са5аланан эрэр.
Национальнай бырайыактар чэрчитинэн икки массыына кэлэн Кюерелях уонна Кептин нэьилиэктэригэр суһал көмөнү оҥорууга төһүү күүс буолар.
Быраастары салҕыы бэлэмнээьин улэтэ ыытылла турар, ол курдук быйыл эндоскопия5а, трансфузиология5а уерэх ыытылынна. Ону таьынан Ма5арас амбулаториятыгар сана терапевт быраас улэлии кэллэ, Земский доктор программанан 1 педиатр быраас кэллэ, 3 лабораторнай техник, целевойга уерэммит медбрат. Быйыл катаракта операциятыгар 2 поток 42 ыарыьах Республиканскай харах балыыьатыгар баран кэллэ.
Дьоҕус уонна орто предпринимательство
Улууска 609 алын уонна дьоҕус урбаан субъега үлэлиир. Онтон үлэлэтэр дьоннорун ахсаана 2763. Горнай улууһа ивестиционный климат оценкатын улуустар икки ардынаагы уопсай рейтиҥын тумугунэн 1 миэстэ буолла. Манна бэйэ дьыаланнан дьарыктаныыга табыгастаах усулуобуйаны тэрийии улэтэ учугэйдик оноьуллара бэлиэтэннэ.
Бизнес-инкубаторга 7 резиденнээх, дистанционнай 3 резиденнээх.
Республика бюджетыттан субсидияны уопсайа 3 мөл. 88 тыһ. солк. Суумма5а 8 дьоҕус бизнес субъектарыгар оҥоһулунна.
Улуустаагы урбаан уонна туризм сайдыытын муниципальнай программатыгар быйыл 14 мөл. 830 тыh. солк. субсидияларга корулуннэ.
1. Ол курдук урбаан объектарын газка холботууга 9 мөл. 42 тыh. солк. былаанынан корулуннэ. Ахсынньы ый са5аланыытыгар 21 урбаанньыт уопсайа 5 мөл. 442 тыh. солк. тутуннулар. Билигин эбии конкурс бара турар.
2. Килиэп онорооччуларга 9 урбаанньыттарга уопсайа 1 мөл. 224 тыh. солк. бэрилиннэ.
3. Бэйэ продукцияны онорооччуларга 5 урбаанньыттарга уопсайа 2 мөл. 264 тыh. солк. бэрилиннэ.
4. Туризм комплексын тэрийиигэ уонна сайыннарыыга 2 урбаанньыттарга уопсайа 1 мөл. 800 тыh. солк. субсидия бэрилиннэ.
5. Креативнай экономиканы сайыннарыыга 2 урбаанньыттарга уопсайа 500 тыh. солк. субсидия бэрилиннэ.
Дьоҕус бизнес 9 субъектарыгар уопсайа 3 мөл. 960 тыһ. солк. чэпчэтиилээх кредит бэрилиннэ.
Быйыл сана туристическая базалар, магаьыыннар, енелер арылыннылар: ол курдук Шишки, Маатта базалар, уо.д.а. ИП Агеева Елизавета Гаврильевна, «Маатта» сынньалан базата Саха сирин Урбаан, атыы уонна туризм министиэрстибэтин конкурсугар «Незабываемые приключения на воде» категория кыайыылаагынан буолла.
Программа билинни сурун бырайыактарыгар киирэллэр:
• Саха Сирин Туризм ассоциациятын кытары улэлэьии;
• Фокус про консалтинговай центры кытта Горнай рыногын уопсай кэринин аагы, уорэхтээьини бэлэмнээьин;
• Туристический портал Горного улуса visitgorny.ru;
• Муниципальный промышленный парк (Саха Сирин Эдэр ыччат Правительствотын кытта тэннэ бу проекка улэлэьии);
• Креативнай экономиканы сайыннарыы;
• Иистэнэр производствоны сайыннары.
Дьиэ кэргэн политиката
Быйылгы сыл 141 кырачаан оҕолор күн сирин көрдүлэр. Дьиэ кэргэн политикатын ейуур сыаллаах, Саха АССР 100 сылынан, улууска ыал буолуу регистрацияланыыта элбиир сыаллаах «Уйэ саца ыала» аат ицэриллэн улууспутугар 38 саца ыал эбилиннэ. Национальнай бырайыак олоххо киирэригэр улуус дьаьалтата ус оҕону тэҥинэн төрөппүт ийэлэргэ 100 тыһ солк уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр сыалтан, төрдүс уонна алтыс оҕолорун төрөппүт ыалларга ньирэй бэлэхтиир туһунан сертификаты аныыр. Бу сертификаты улуус үрдүнэн 28 ыал тутан, кэтэх хаһаайыстыбаларын сайыннарыахтара.
Улуус Сэбиэтин иһинэн бигэргэммит «Ийэҕэ махтал» бэлиэнэн биэс элбэх оҕолоох ийэ наҕараадаланна. Инники бу наҕараадаҕа сылга үс квотаны көрөр эбит буоллахпытына, быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылын чэрчитинэн наҕараадаланар ийэлэр ахсааннарын биэскэ диэри элбэттибит. Маны таһынан хас биирдии наҕараадаламмыт ийэ 15 000 солк сууммалаах сертификат тутта.
Улууспутугар Герой ийэлэри үйэтитэр сыаллаах «Ийэҕэ махтал» диэн телерубрикалар уһулуннулар. Манна улууспут хас биирдии нэһилиэктэригэр герой ийэлэри, кинилэр олохторун сырдатар, билиҥҥи кэмҥэ дьиэ кэргэн хайдах дьаһанан, сайда олороллорун туһунан репортаж оҥоьулунна. Кэлин, кэм аастаҕына кэнчээри ыччат көрүө-истиэ диэн маннык бырайыак олоххо киирдэ.
Улуустааҕы «Үлэ күүһэ» хаһыакка «Улуус 100 Далбар Хотуна» диэн анал рубрика арыллан, сыл устата олоххо ситиһиилээх, туспа суоллаах-иистээх, бастыҥ дьахталларын таһааран үйэтиттэ. 90 уонна 95 саастарын туолбут ытык кырдьаҕастарбытын, уһун үйэлэниигэ иитэр, такайар суолталаах 9 сертификат туттарылынна. Сертификат 90 саастарын туолбут кырдьаҕастарга 10 000 солк. уонна 95 саастарын туолбуттарга 15 000 сууммалаах.
Горнай улууһугар дьахталлар сэбиэттэрин хаһыс да сылын иилээн-саҕалаан, айымньылаахтык үлэлии сылдьар Айталина Баишева буолар. Маны таһынан улууспутугар 13 общественнай тэрилтэлэр баалларыттан, тоҕус тэрилтэтин кэрэ аҥаардарбыт сатабыллаахтык салайан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол курдук, улуус Общественнай сэбиэтин Лена Григорьевна Саввинова, Бэтэрээннэр сэбиэттэрин Любовь Романовна Пахомова, Ытык сүбэ түмсүүнү Марина Михайловна Андреева, 50+ саастаах дьахталлар түмсүүлэрин Эмма Георгиевна Попова, Матери России түмсүүнү Туйаара Васильевна Андреева, «Сыккыс» литературнай түмсүүнү Айталина Николаевна Олесова, кулгаахтарынан үчүгэйдик истибэттэр обществоларын Ирина Гаврильевна Алексеева уонна улуустааҕы Автоледи түмсүүнү Аэлита Валерьевна Андреева таһаарыылаахтык салайан үлэлэтэ сылдьаллар.
Бу сыл Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан судаарыстыбаннай «Гражданскай килбиэн» наҕарааданы элбэх оҕолоох ийэлэрбит Мытаахтан Тамара Петрова уонна Елена Никифорова ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ Тамара Афанасьевна аҕыс тулаайах оҕону иитэ, үөрэттэрэ, көрө-истэ сылдьара, дьахтар киһиэхэ бастыҥ холобур диэххэ сөп. Эдэр ийэлэргэ сэттэ оҕо амарах ийэтэ Ирина Налесник «Ийэ албан аат» III-с истиэпэннээх бэлиэтинэн наҕараадаланна.
Быйыл Ийэ сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Автоледи күрэх, манна уопсайа 10 улуустан кэрэ ацар кытынна. Кыттааччылар элбэх о5олоох дьиэ кэргэттэригэр кеме акция оцордулар. «Весна перемен» диэн улуустааҕы дьахталлар форумнара үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу форум чэрчитинэн попечитель, биир дойбулаахпыт Андреева Л.П. ке5улээьининэн, ЯННАМЕД клиника5а ийэлэр доруобуйаларын туругун босхо кердеруннулэр.
Арҕаа дойдулар күөртээһиннэринэн дойдуга үөскээбит быһыыга кэрэ аҥаардарбыт туора туран хаалбакка, манна аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. П.Аввакумов аатынан киин библиотека көҕүлээһининэн, анал эпэрээссийэҕэ барбыт саха уолаттарыгар анаан олохтоох ааптардар айбыт хоһооннорун хомуурунньугун оҥорон бэлэхтээтилэр. Бырайыак ааптарынан библиотека сэбиэдиссэйэ Лена Саввинова. Бу хомуурунньукка өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан араас ааптардар модун санааны саҕар, күүс-күдэх биэрэр хоһоонноро киирдилэр. Анал эпэрээссийэҕэ сылдьар буойуттарга Бэтэрээн сэбиэтин иьинэн «Ийэлэрбит сурэхтэрин сылааьын ицэрэн» акциянан билигин дойдуларыгар ытык иэстэрин толоро сылдьар уолаттарга анаан истээх сэлиэччик уонна балаклава тигэн ыыттылар. Таҥас матырыйаалын атыылаһыыга анаан улуус бүддьүөтүттэн 121 тыһ солк үп көрүллүбүтэ. Барыта 178 сэлиэччик уонна 140 балаклава тигиллэн республикатаа5ы штабка тиэрдиллибитэ.
Үөрэхтээһин
“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Аныгы оскуола” хос бырагырааматын чэрчитинэн «Үүнүү туочката» цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах кииннэр С.П.Данилов аатынан Куэрэлээх, Ма5аны, Кептин орто оскуолаларыгар арылланнар оҕолор сайдалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ.
“Цифровой үөрэх эйгэтэ» хос бырагыраама чэрчитинэн Куэрэлээх уонна С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолаларыгар цифровой эйгэтин сайыннарар киин арылынна.
«Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» бырагыраама чэрчитинэн Бэрдьигэстээх улуустаа5ы гимназиятыгар спортивнай оборудование ылыллан о5олорго спордунан, этии – хааны чэбдигирдэрэллэригэр усулоубуйа тэрилиннэ.
Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар улууска бастакы “АйМакс» диэн Айти-оскуола арыллан, быйылгы уэрэх дьылыгар эбии 40 улуус оскуолаларын уэрэнээччилэрин уэрэтэргэ уэрэх былаана оцоьулунна. First and LEGO League open International Championship Russia Аан дойду курэ5ин региональнай этапыгар кыттан кыайыылах урдук аатын ыллылар. Маны, таьынан оскуола «МИР-2» хамаандата кыайыылаах буолан бутун Россиятаа5ы этапыгар кыттан бутун Россиятаа5ы этапка кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Ма5арас орто оскуолатыгар Государственнай Саха Циркатын эйэбулунэн цирковой студия, Джиикимдэ орто оскуолатыгар АГИКИ театральнай кылааьа арыллан улэлэрин са5алаатылар. Маны таьынан, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ кытта Сэбулэц чэрчитинэн естественнай наукаларын институтун кылааьа тэрилиннэ. С.Г.Ковров аатынан Куэрэлээх орто оскуоалтын базатыгар бары ирдэбилгэ эппиэттиир Трактродром тэриллэн, бу оскуола5а эдэр механизатордар кылаастара арылынна. Манна улууспут нэьилиэхтэриттэн уэрэнээччилэр, нэьилиэнньэ улахан арацата уэрэнэннэр тракторист уонна суоппар идэлэригэр уэрэнэн анал свидетельство ылыахтара.
Афанасий Осипов аатынан орто оскуолата «Успешная школа» Бутун Россиятаа5ы курэххэ финалга киирэн, Лауреат урдук аатын ыларын ситистилэр. Маны таьынан, «Инносфера» республиканскай курэххэ кыайыылаа5ынан тахсан 1 000 000 солк Гранынан на5аарадаланнылар, норуоттар икки ардыларынаа5ы «Устойчивое развитие Арктики» диэн Форумца «Лучшая школа в сфере сотрудничества и формирования позитивного имиджа РФ на международном уровне – 2022» анал аат хаьаайыннара буоллулар.
Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата РФ Президенын Граныгар кыттан 1 000 000 солк. ылан «Марсианские игры» республиканскай курэ5и урдук таьымца ыыттылар.
Бэрдьигэстээх улуустаа5ы гимназията Ил Дархан Граныгар кыттан «Мин Саха ыччата буолламмын, дойдубун сахалыы таптыыбын» проегынан Семен, Софрон Даниловтар ааттарын уйэтитэргэ араас хайысханан улэлэрин ыыталлар.
Атамай орто оскуолата агро-оскуолалар республиканскай курэхтэригэр «Бастыц уэрэтэр – производственнай тэрилтэтэ» анал ааты ылары ситистилэр, республикабыт Ил Дарханын Граныгар «Образовательная модель «ЩИТ»» проегынан кыттан 260,000 солк ылары ситистилэр.
Кептин орто оскуолата «АГРОНТИ – 2022» бутун Россиятаа5ы тыа оскуолаларын курэ5эр кыттан региональнай этап кыайыылаа5а буолары ситистэ, «Учись, твори и реализуй», «Информационный центр «Ситим» проектарынан Ил Дархан Гранын кыайыылаахтара буоллулар.
Кировскай орто оскуолата «Эффективность моделей смешанного обучения в повышении качества образования» теманан республиканскай инновационнай площадка буолары ситситилэр.
Экология сылын чэрчитинэн “Олонхо кэскилэ”уһуйааҥҥа «Тыалчаан» метеостанция аһылынна, өрөспүүбүлүкэтээҕи метеостанция, улуустааҕы экологическай надзор инспекциятын кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ Сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.
Патриотическай иитиигэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» бырайыагынан улуус баһылыгын Гранын хаһаайына буолла. Ону таһынан “Оо,олус үчүгэй” диэн олохтоох поэт Григорий Данилов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй күрэхтэһиитин түмүгүнэн уус- уран пособиета тахсарыгар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин гранын кыайыылааҕа.
Горнай улууһун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр төрүт культураҕа сыһыарыыга “Олонхо кэскиллэрэ”опорнай Киин тэрийэн уһуйуу үлэтин саҕалаата.
«Сардаана» оҕону сайыннарар киин бүтүн Россиятааҕы оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэрин 8 фестивальыгар кыттан лауреат үрдүк аатын ситиһэн “Компетентность педагога дошкольного образования” диэн номинация хаһаайыннарынан буоллулар.
Сардаана «Доруобуйа кустуга» (доруобуйаларыгар хааччаахтаах уонна инбэлиит оҕолорго) диэн бырайыагы олоххо киллэрэн саҕалаатылар.
Билигин үөрэх тэрилтэлэригэр доруобай олоҕу үөскэтиигэ улахан болҕомто ууруллар, ол курдук «Кырачаан ымыылар» АНО «Стратегическай инициативалар агентстволара» уонна «Росатом» ГРК «Жизненная ситуация” бырайыагынан оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ регион хамаандатыгар киирэн үлэлии олорор.
ГБУ ДО РС (Я) «Республиканский центр психолого-медико-социального сопровождения» ыыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Лучший кабинет Службы ранней помощи» күрэххэ 2 үктэллээх Диплом ылары ситистэ.
Л.Е.Лукина аатынан о5ону эбии уэрэхтээьин Киинэ бутун «Моя страна» Россиятаа5ы педагогическай съезд чэрчитинэн «Дойду 500 бастыц уэрэх тэрилтэлэрэ — 2022» курэххэ «Эбии уэрэхтээьин бастыц тэрилтэтэ» анал ааты ылары ситистилэр.
Республикабыт «Сыл бастыц учуутала» курэх кыайыыла5ынан Бэрдьигэстээх улуустаа5ы гимназиятын эдэр учуутала Дьяконов Иван Герасимович буолла.
«Ил Дархан бастыц учууталлара» анал ааты ылары ситистэ Бэрдьигэстээх улу3устаа5ы гимназиятын учуутала Леверьева Екатерина Семеновна.
«ХИФУ бастыц учуутала» анал аат А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуоалтын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Сивцева Сахаляна Григорьевна5а уонна С,И.Тарасов аатынан Эрт орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Захарова Евгения Николаевна5а ицэрилиннэ.
«Территория дискуссий: этнокультурная направленность в школьном образовании» бутун Аан дойдутаа5ы научнай — практическай конференция5а «Учитель – новатор» анал ааты ылары ситистэ.
“Сыл бастыҥ кылааһа” куоҥкурус түмүгүнэн алын сүһүөх кылаастарга Афанасий Осипов аатынан Кепти орто оскуолатын IV кылааһа (кыл. сал. Петрова Нагелла Ивановна), орто сүһүөх кылаастарга А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын VII кылааһа (кыл. сал. Павлов Филипп Егорович), үрдүкү кылаастарга Л.Н.Харитонов аатынан Ма5арас орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кыл. сал. Корякина Варвара Николаевна) кыайыылаахтарынан ааттаннылар.
Быйыл оскуоланы 4 выпускник кыһыл көмүс, 19 выпускник үрүҥ көмүс мэтээлинэн на5араадаланнылар.
Культура
2022 сылга Арассыыйаҕа норуот ускуустубатын уонна норуоттар материальнай култуурунай нэһилиэстибэлэрин, Саха сиригэр Ийэ, улууска Экология сыллара биллэриллэн ол чэрчитинэн улууска араас хабааннаах культурнай тэрээһиннэр анал былаанынан үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар.
»Култуура» национальнай бырайыагын чэрчитинэн »Культура малой Родины» партийнай бырайыак “Олохтоох культура дьиэтэ» хайысхатынан ыытыллыбыт материальнай-техническай базаны бөҕөргөтүүгэ конкурс түмүгүнэн Маҕанытааҕы сынньалаҥ киинэ 667 616,53 солкуобай сууммалаах үбүлээһиҥҥэ тиксэн сынньалаҥ киинин ис-тас көстүүтүн тупсарыыга, олохтоох нэһилиэнньэ сынньалаҥын тэрийиигэ усулуобуйа олохтооһуҥҥа үлэни ыытта. Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинигэр 3408360,00 солкуобайга капитальнай өрөмүөн ыытылынна.
Мытаах, Маҕарас сынньалаҥ кииннэригэр 1030927,0 солкуобайдаах малокомплектнай кинообрудованиелар ылыллан кинозаллар тэрилиннилэр.
Быйылгы сылга национальнай бырайыак сонун хайысхатынан музейдар материальнай – техническай базаларын хаҥатыыга туһуламмыт конкурс ыытыллыыта буолла. Конкурс түмүгүнэн Бэрдьигэстээх М.Е.
Тимофеев аатынан кыраайы үөрэтэр музейа 1079787,22 интерактивнай дисплей, витрина ылан хааччылынна.
Горнайдааҕы кииннэммит библиотека главнай библиографа Анастасия Ивановна Заровняева, Бэрдьигэстээх М.Е. Тимофеев аатынан кыраайы үөрэтэр музейын главнай хранителэ Мария Витальевна Борисова республика »Бастыҥ култуура үлэһитэ» ааты ылан 50 000 тыһыынчалаах бириэмийэҕэ тигистилэр. Онтон, Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим Солоҕоннооҕу филиала (сэб. Анна Ивановна Дормидонтова) республика »Бастыҥ култуура тэрилтэтэ» буолан 100000 тыһыынчанан наҕараадаланна Бэрдьигэстээх оҕо искусствотын оскуолата Музыка үрдүкү оскуолатын ситимигэр киирэн скрипка кылааһын арыйары ситистэ.
Саха народнай суруйааччылара Семен Данилов төрөөбүтэ 105, Софрон Данилов 100 саастарын бэлиэтиир былаан чэрчитинэн республикатааҕы «Бор көмүс күһүнэ» литературнай фестиваль, народнай худуоһунньук Афанасий Осипов аатыгар «Бор көмүс киистэтэ» уруһуй күрэҕэ Мытаах нэһилиэгэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Софрон Петрович Данилов саха норуотун бастакы конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» дакылаата 30 сылын туолуутугар анаан улууска уонна республикаҕа “Барҕарыы суолунан” эстафета тэриллэн дьон болҕомтотун тарта.
Софрон Петрович Данилов үбүлүөйдээх 100 сылыгар Саха Республикатын Правительствотын солбуйааччы Сергей Васильевич Местников салайааччылаах республикатааҕы тэрийэр комитет тэриллэн, үлэ былаана бигэргэнэн, үбүлүөйдээх тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылыннылар. Муус устар 19-22 күннэригэр Горнай улууһа уонна Республика общественноһын түмсүүлэригэр үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык Дьокуускай куоракка уонна Мытаах нэһилиэгэр ыытыллыбыта.
Семен, Софрон Даниловтар үбүлүөйдээх сылларыгар анаммыт поэзияны, айар үлэни өрө тутар, литератураны таптыыр дьону түмэр “Бор көмүс күһүнэ” литературнай фестиваль, “Бор көмүс киистэтэ” уруһуй күрэҕэ, Семен Петрович Данилов 105 сааһынан “Ырыа үөскүүр ылланаары”, “Хомус уонна поэзия” күрэхтэр ыытылыннылар.
Быйылгы улуус ыһыаҕа бырааттыы Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтарга анаммыт юбилейнай тэрээһиҥҥэ“Барҕарыы суолунан уруйбут улааттын”- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Елизавета Иевна Мартынова туруорбут театрализованнай дьүһүйүүтэ үрдүк таһымҥа туруорулунна.
Улуустааҕы “Сыккыс” литературнай түмсүү бырайыагынан Мытаах нэһилиэгэр “Үс көлүйэ” алааска үлэлээн ааспыт, биэс ыанньыксыт кыргыттарга анаммыт Сэмэн Данилов “Ферма кыргыттара” ырыа буолбут хоһоонугар куар кодтаах мемориальнай дуоска туруорулунна.
Улуус киин библиотеката республикатааҕы «Норуот поэтын – норуот ааҕар» поэтическай челлендж ыытан, 10 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 179 ааҕааччы кыттыыны ылбыта, «Данилов дьыктаана» республикатааҕы сырдатар аахсыйаны тэрийэн, бу аахсыйаҕа 24 улуус уонна Дьокуускай куорат өйөөн, 111 площадка тэриллэн 1446 киһи кытынна.
Маҕарас, Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан Бэрдьигэстээхтээх, Сэмэн уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас Киинннэрэ Бүлүү куоратыгар ыытыллыбыт “Биһиги нэһилиэстибэбит” уус-уран самодеятельностары көрүү-күрэҕэр иккис түһүмэҕэр кыттаннар лауреат, дипломант аатын сүктүлэр. Варвара Гаврильевна Заровняева кыайыылаах тахсан, финалга кыттар чиэскэ тигистэ. Үөһээ Бүлүүгэ республикатааҕы Олоҥхо Ыһыаҕар Лилия Прохорова, Валерий Дьячковскай, Елизавета Никитична лаурет буоллулар.
Ахсынньы ый 7 күнүгэр Москва куоракка, республикатааҕы дьаһаллар былааннарын быһыытынан Софрон Петрович Данилов 100-сыллаах үбүлүөйүн уонна Наталья Ивановна Харлампьева “Саха оноҕоһо” кинигэтин презентациятын биэчэрэ ыытылынна.
Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо искусствотын оскуолата Саха Республикатын В.А. Босиков аатынан Үрдүкү Муусука оскуолатын, биэс фирменнай оскуолаларын иһигэр киирдэ. Оскуола иһинэн медно-духовой инструменнар, скрипка кылаастара арылыннылар.
Саха республикатын Ил Дарханын уурааҕынан “Республикаҕа Олонхо дьиэлэрин ситимин тэрийии” былааныгар 11 улуус киирдэ, ол иһигэр Горнай улууһа.
Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр, Мытаахтааҕы музей-галерея, нэһилиэктэр музейдара 4,5 т экспонаттарын государственнай реестрга киирэри ситистилэр.
Мытаах уонна Маҕарас Сынньалаҥнарын Киинигэр национальнай бырайыак чэрчитинэн Киинэни көрдөрөр установкалар туруорулуннулар.
Горнай улууһугар культура Кииннэрин иһинэн тэриллэн үлэлиир “Кылыһах” саха народнай оркестра, Бэрдьигэстээхтээҕи народнай театр, “Тиһилик” норуот маастардарын, “Эҕэрдэ” вокально-хоровой коллективтарын, бу дьыл ахсынньы ыйыгар “народнай” ааттарын үрдүк таһымҥа көмүскээтилэр.
1992 сыл ахсынньы 15 кунугэр Софрон Данилов Саха норуотун I Конгреһыгар анаабыт «Саха норуота барҕарыы суолунан» дакылаата суруллубута быйыл төгүрүк 30 сылыгар анаммыт республикатааҕы научнай-практическай конференция уонна“Народ Саха на пути созидания” кинигэтин презентацията ыытылынна.
Ол чэрчитинэн республиканскай «Барҕарыы суолунан» эстафетаны күн бүгүн түмүктээтибит. Бу тэрээһиҥҥэ улуус 9 нэһилиэгэ уонна республика 11 улууһа бэйэлэрин улуустарын сайдыытын, ситиһиилэрин кэрэһэлиир дакылааттарын видеоҕа уһулан үйэтиттилэр.
Спорт
Горнай улууһа урукку сыллартан күүстээх дьоннорунан, бастыҥ спортсменнарынан биллэр. Ааспыт сыллааҕы Манчаары оонньууларын көрсө улууска үгүс үлэ ыытыллыбыта. Баараҕай тутуулар – Хайысхаларынан элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс, “Бэргэн” стрелковай тир үлэҕэ киирбиттэрэ, “Чыпчаал”, ат сүүрдэр сир саҥардыллыбыттара.
Саҥа спортивнай объектар үлэҕэ киирэннэр нэһилиэнньэ маасcабай спордунан дьарыктанара биллэ улаатта. 2022 cылга Өрөспүүбүлүкэ спортивнай олоҕор 8-с Саха сирин норуоттарын оонньуулара умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ.
Горнайдар бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр бастакы миэстэни ыланнар 1 мөлүйүөн солкуобай наҕараадаланан, инники ситиһиллибэтэх көрдөрүүлэнэн спорт сөптөөх хайысханан баран иһэрин бигэргэттэ.
Спартакиада биирдиилээн көрүҥнэригэр боксаҕа Борис Сидоров манык улахан таһымнаах күрэхтэһии үс төгүллээх чемпиона буолан, туспа рекорд олохтоото. Андрей Софронеев, Владимир Иванов үс бастыҥ иһигэр киирэннэр 2014 cыллааҕы Намҥа ыытыллыбыт Спартакиадаҕа ситиһиилэрин хатыылаатылар.
Көҥүл тустууга Вальтер Владмириров боруонса мэтээли ылан кэскиллээх спортсмен буоларын көрдөрдө.
Буулдьанан ытыыга Европа чемпиона Мария Егорова кыһыл көмүс мэтээли ылан спорт бу көрүҥэр өрөспүүбүлүкэ лидера буоларын бигэргэттэ.
Чэпчэки атлетикаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо Варвара Наумова кыһыл көмүс, Сергей Безносов икки боруонса мэтээли ыланнар үөртүлэр.
Спортивнай хаамыыга Геннадий Степанов өрөспүүбүлүкэ күүстээх спортсменнарын кэннигэр хаалларан, Горнай былааҕын күөрэччи туппутунан биэтэккэ бастакынан киириитинэн киэн туттабыт. Бу ситиһиитинэн Геннадий норуоттар оонньууларыгар историяҕа маҥнайгынан чемпион үрдүк аатын ылан үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ.
Горнай охчуттара өрөспүүбүлүкэҕэ мэлдьи лидердар быһыытынан сылдьалларын бу спартакиадаҕа эмиэ бигэргэттилэр. Ол курдук, Розалина Тимофеева биирдиилээн ытыыларга пьедестал иккис үктэлигэр таҕыста. “Микс” көрүҥҥэ Илья Варламовтыын олус тыҥааһыннаах киирсиигэ Дьокуускай хамаандатыгар сабырыттаран, үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар.
Биһиги спортсменнарбыт өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Россия, Аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Дуобакка Тунара Федорова, пауэрлифтинг, армрестлинг көрүҥэр Сергей Безносов, Копье быраҕыытыгар Варвара Наумова, буулдьанан ытыыга Айхал Ковров Аан дойду, Россия мэтээллэрин аҕаланнар биир дойдулаахтарын үөрпүттэрэ.
Спорт национальнай көрүҥнэрэ киэҥ хабааннаахтык сайдар. Дойдуларын аатын чиэстээхтик көмүскүүр Дьулустаан Ноговицын, Сергей Петров, Кай Адамов, Ирина Алексеева, Евгения Каленкова, Сардаана Андреева киэн туттабыт. Эдэр кэскиллээх спортсменнарбытыгар Семен Борисовка, Дмитрий Фокины, Руслан Негнюровка, Анатолий Осиповка, Марат Павловка, Дьулус Андреевка, Виталий Заровняевка, Анастасия Александрова, Евгения Текеянова бэйэлэрин ситиһиилэринэн муҥурдаммакка иннилэрин диэки эрэлээхтик баран иһиэхтэрэ диэн эрэлбит улахан.
Саха сириттэн кынаттанан норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулара Аан дойдуга биһирэнэр. Быйыл Владивостокка ыытыллыбыт оонньууларга Саха сирин хамаандатын састаабыгар буулдьанан ытыыга Айхал Ковров үрүҥ уонна боруонса, хапсаҕайга Алеша Захаров кыһыл көмүс мэтээли ылар чиэстэннилэр.
Александр Агеев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ дуобакка Кира Васильева, Кристина Захарова, Виталий Заровняев, Арсен Михайлов, бокса Аким Осипов, чэпчэки атлетикаҕа Мичил Заровняев, оҕунан ытыыга Розана Слепцова, Малика Данилова, Сайыына Иванова Республика уонна Россия мэтээллэрин аҕалан кэскиллээх спортсменнарынан буолалларыттан үөрэбит.
Улахан дьоҥҥо төрүт ох саанан ытыыга Нюргустаана Сидорова, Федора Николаева, Евдокия Егорова, Родион Николаев, Василий Шкулев сыл ахсын бэйэлэрин көрдөрүүлэрин тупсаран иһэллэр. Бастакы олимпиецпыт Кристина Устинова балтынаан Розалина Тимофеевалыын Россия күүстээх спортсменнарын бастакы Спартакиадатыгар үрүҥ көмүс мэтээли ылан, бэйэлэрин ааттарын Россия спордун историятыгар киллэрдилэр.
Горнайтан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт Ярослав Антонов, Владимир Оленов, Ярослав Алексеев, Антон Копырин, Ирина Осипова, Марфа Колодезникова, Мая Брызгалова, Сайыына Иванова, Айыына Романов, Валерия Леонтьева төрөөбүт дойдуларын умнубаттарыттан астынабыт.
Спортсменнар ситиһиилэрэ үгүс ыарахан үлэттэн тахсар. Кинилэр бигэ туруктаах, эт-хаан өттүнэн сөпкө сайдалларыгар, күүстээх санаалаах буолалларыгар сүрүн үлэни тренердэр ыыталлар. Киэн туттар дьоннорбут Анатолий Тимофеев, Владимир Тимофеев, Степан Заровняев, Валентин Аргунов, Семен Румянцев, Николай Егоров, Николай Прохоров, Зинаида Платонова, Аркадий Васильев, Владимир Петров, Герасим Дьяконов баай уопуттарын күн бүгүҥҥэ диэри үллэстэ сылдьаллар. Эдэр тренердэрбит Борис Сидоров, Алексей Григорьев, Эрхаан Соркомов, Эдуард Санников, Чаҕыл Заровняев, Петр Никулин, Василий Яковлев, Петр Сивцевы, Степан Константиновы, Марк Никифоровы, Валентина Соркомованы, Нюргустана Сидорованы, Александр Соловьеву олус бэриниилээхтик үлэлииллэрин бэлиэтиэх тустаахпыт.
Спорду өрө туппут энтузиаст дьоннорбут Дмитрий Агеев, Владимир Яковлев, Марина Пахомова, Антонина Парфенова, Петр Попов, Николай Пахомов, Николай Николаев, Семен Николаев, Анатолий Осипов, Радомир Сидоров, Андрей Васильев, Валентин Петров көмөлөрүн үрдүктүк сыаналыыбыт.
Горнайга спорт биир сиргэ турбат үүнэр көлүөнэни чөл доруобай олоххо угуйарга үгүс үлэ ыытыллар. Спорт көрүҥнэрин сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар. Быйылгы сылтан Олимпиада уонна Паралимпиада спордугар киирэр “скалолазания”, “бочча” көрүҥнэрэ улахан биһирэбили ыллан эрэр.
Горнай спорда сайдарыгар, дьоно-сэргэтэ чөл олохтоох, чэгиэн доруобуйалаах буоларыгар үлэ тэтимнээхтик бара турдун. Кыайыылар, ситиһиилэр кэлэ турдуннар. Ситиһииттэн-кыайыыга, үрдэлтэн-чыпчаалга!!!
Экология
Улуус баьылыгын олунньу ыйдаах уураа5ынан улууска Экология сыла биллэриллибитэ.
Экология сылын тэрээьиннээхтик ыытарга киэц ис хоьооннох, элбэх хайыйсхалаах былаан бигэргэнэн, улэ ыытылынна. Манна ыытыллыбыт улэлэргэ киирдилэр:
— олох-дьаьах бе5ун то5ор сирдэри, сыбаалкалары бэрээдэктээьин, биологическай тобохтору уматар анал оборудование атыылаьыыта, саца мусороперегрузочнай станцияны проектааьын, саца ирдэбилгэ эппиэттиир контейнернай площадкалары оцоруу, кецулэ суох уонна эргэ сыбаалкалары ыраастааьын.
Улууска экология боппуруостарын быьаарыыга улахан бол5омто ууруллар. Кэнники сылларга олох сайдыытын ирдэбилинэн, благоустроеннай дьиэ –уот элбээн, саца элбэх квартиралаах таас дьиэлэр, араас социальнай эбийиэктэр улэ5э киирэннэр, кирдээх уба5аьы харайыы улахан кыьал5а5а кубулуйан испитэ. Былырыын «Тыа сирин сайыннарыы» федеральнай программа кеметунэн Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр кирдээх уба5аьы ыраастыыр станция улэ5э киирбитэ. Бу станция5а кииннэммит канализация коллекторын холбуурга, концессионнай субэлэьиигэ оло5уран улэни ыытарга сыал –сорук турар. Нэьилиэнньэни хаачыстыбалаах иьэр ууннан хааччыйыы биир уустук боппуруоспут этэ, маны быьаарага 90-с сылларга улэ5э киирбит «Маатта» ууну хаайар быьытын уутун ыраастыр станция эьиил улэ5э киириэхтээх. Кэптиццэ, Куэрэлээххэ уу скважинатын тутуутун, проектааьына быьаарылла турар.
Улуус киинигэр, нэьилиэктэргэ центральнай ититэр ситимцэ холбонуу, гаазтааьын программата улэтэ тэтимнээхтик барар,бу улэлэр куэх тыабытын кэрдиини аччатыыга, ыраас салгыммытынын харыстыырга улахан кедьууьу биэриэллэр..
Тулалыыр эйгэни харыстааьынна туhуламмыт муниципальнай программатынан быйыл былааннаммыт улэлэр толору кээмэйинэн оцоьулуннулар. Ол курдук кецулэ суох сыбаалкалары ыраастааьын, мас олордуутун улэлэрэ, биологическай тобохтору харайар инсинератор атыылаьыыта, экологическай куэрэхтээьин уонна сырдатыы тэрээьиннэрэ ыытылыннылар.
Мытаах нэьилиэгин эргэ сыбаалкатын ыраастааьын.рекультивация улэтин ыытарга убулээьинэ керуллэн, ООО «Амгор» тэрилтэтэ хаачыстыбалаахтык толордо. Инники еттугэр маннык улэлэр нэьилэктэринэн сал5ыы ыыттыллыахтара.
– нэьилиэктэринэн куэллэрбитигэр балыгынан уэскэтии –элбэтии улэтин ыытары уэрэтэргэ Октябрьскай нэьилиэгин 4 куэлугэр Тукулаччы, Токур, Эриэн-Кюель, Кыалах, убулээьин керуллэн, научнай –чинчийэр улэ са5аланан бара турар.
— Улуус ойуурдарыгар лесопатологическай чинчийии барда. Экология национальнай проект чэрчитинэн Якутлесресурс Горнайдаа5ы филиалыгар быйыл 5 саца ойуур баьаарын умуруорууга тутуллар техника кэллэ. Авиалесохрана улэиттэрин ахсаана тиийдэ.
Саха республикатын Айыл5а харыстабылын министиэристибэтин ке5улээьининэн, республикабыт улуустарыгар, нэьилиэнньэлэригэр тулалыыр эйгэ5э табыгастаах усулуобуйалары тэрийэр сыаллаах сылын ахсын ыытыллар «Айыл5а уонна биьиги» акция5а улус олохтоохторо кехтеехтук кытталлар .
Оҕолорбутун, кэлэр көлүөнэлэрбитин иитии, үөрэтии, О5ону кыра эрдэ5иттэн айыл5а кэрэтин бол5ойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэ5э тиэрдэн иһиллиэхтээх. О5о айыл5аны харыстыыр үтүѳ үгэстэри уерэх тэрилтэлэригэр, уьуйааннарыгар үѳрэтэн, билэн- кѳрѳн, этигэр хааныгар иҥэриннэ5инэ, айыл5а5а, тулалыыр эйгэбитигэр сыһыаммыт уларыйан иьэр.
«Айыл5а уонна Биьиги» диэн республиканскай акцияны улууспутугар тэрээьиннээхтик, урдук таьымца ыытан бастыц улуус номинацияны ылары ситистибит, Экологическай халандаар бэлиэ куннэринэн улуус оскуолаларыгар, уьуйааннарыгар, нэьилиэнньэ5э анаан угэскэ кубулуйбут тэрээьиннэр тиьигин быспакка бардылар.
Тупсаран оцоруу, ыраастаныы улэлэригэр нэьилиэнньэ ахтыыбынайдык кытынна, ол курдук барыта 410 субуотунньукка 10 тыь тахса киьи кыттыыны ылла, уопсайа 5 844 куб.м бох ыраастанна, ко5ордуу оттугэр уопсайа 3 390 мас уонна кустарник олоттулар. Беьуэлэктэрбит ис-тас кестуулэрэ ырааьырда- тубуста.
Олорор сэлиэнньэлэрбит, сайылыктарбыт тулатын, алаастарбыт, урэхтэрбит, куеллэрбит кытылын ыраастааьыцца, хаарбах тутууулары кетуруугэ, нэьилиэнньэ элбэх арацатын хабар «Ыраас гектаар» куонкурус нэьилиэктэргэ тэрээьиннээхтик ыытылынна. Быйыл Бэрдьигэстээх нэьилиэгэ бу хайысха5а киэц далааьыннаах улэни ыытан кыайыылаа5ынан буолла, иккис миэстэни Октябрьскай нэьилиэгэ, уьус миэстэни Маалтааны нэьилиэгэ ылары ситистилэр. Бэриллибит премия хаччыны кэлэр сылга благоустройства улэтигэр тутталлар.
Ебугэлэрбит терут итэ5эллэрэ айыл5а5а сугуруйуу буолар, онон биьиэхэ тереебут айыл5абытыгар сыьыан, экология диэн ейдебуллэр ураты чугастар. Тулалыыр эйгэбитин харыстааьыцца ыытыллар улэбитин бары бииргэ тумсуулээхтик сылын аайы салгыы ыытыахпыт диэн эрэнэбит. Экология сыла улууспут сайдыытыгар олук буолуо, дьоьун ситиьиилэри тустуэ диэн эрэнэбит.
Хаалбыт чол айыл5алаах сирдэрбитин кэлэр колуоэнэ ыччаттарбытыгар энчирэппэккэ тиэрдэр туhугар, манна туhаайыллыбыт улэлэри оссо далааhыннаахтык, улуус нэhилиэнньэтэ бары кыттарын курдук гына тэрээһиннээхтик ыытарбыт наада.