15 июля 2022
Горнай улууһугар ыытыллар доруобуйаларынан хаарчахтаах дьон спартакиадатыгар кыттар улууспут сборнай хамаандатыгар спортивнай форма туттарыытын сиэрэ-туома ааста. Бу спартакиада Саха Сирин таһымыгар ыытыллыбыта 20 юбилейдаах сыла буолар. Уопсайа кыттыыны 15 хамаанда ылар.