9 ноября 2022
«Талакан» тэрилтэ салайааччыта Василий Николаев хомуурга барбыт Биджан сэлиэнньэтигэр баар Горнай улууhун 10 уолугар наадалаах мал-сал, сылаас таҥас-сап ылыналларыгар 100 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү инники ыыппыта. Билигин урбаанньыт эбии Уопсастабыннай бэтэрээннэр сэбиэттэрин нөҥүө 200’000 солк. тириэртэ. Уустук кэмҥэ баҕа санаатынан илиитин уунар биир дойдулаахпытыгар махталбытын тиэрдэбит.