5 сентября 2022
Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ Анатолий Николаевич Тимофеев 65 — сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр анаммыт оҕунан ытыыга Республиканскай турнир арылынна. Кэбээйиттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Тааттаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан уонна Нюрбаттан уопсайа 35 спортсмен кытта кэллэ.
Анатолий Николаевич 30 тахса сыл устата оногостоох оҕу кытта ыкса доҕордоһон, иннин ылан — олоҕун үтүө кэмнэрин спорт бу көрүҥэ сайдарыгар анаабыт биллэр биир дойдулаахпыт буолар. Билигин даганы кэнчээри ыччаты оххо угуйа, дьарыктыы кэскиллээх дьыалатын салгыы сайыннара сылдьар. Оҕунан ытыы улууспут киэҥ туттуута, кэрэмэһэ. Саха Республикатын спорка уонна физическай култуурага миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Бугаев Анатолий Николаевичка Физическай культура уонна спорт бэтэрээнэ диэн мэтээли туттарда.
Абсолютные чемпионы: Классический лук — Прокопий Васильев (Мегино Хангаласский улус) Блочный лук — Ким Александр (город Якутск)