10 апреля 2024
Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ-2024» муус устар ый 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас сиригэр-дойдутугар Майа бөһүөлэгэр буолла. Улуус таһымыгар ыытыллыбыт күрэххэ Кировскай нэһилиэгиттэн сылдьар Арсен Афанасьевич Кубаров уолунаан Айсенныын кыайаннар, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ улууспут чиэһин көмүскээтилэр. Күрэх хайдах ааспытын, туох ыарахаттары көрсүбүттэрин туһунан Арсен Афанасьевичтан ыйыталастыбыт.
— Биһиги Майаҕа муус устар 5 күнүгэр тиийбиппит, күрэх тэрийээччилэрэ олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, бэркэ диэн бэлэмнэммиттэр. Үс күн устата буор босхо аһаттылар. Күрэхтэһээччилэр улахан аҥаара Манчаары аатынан спортивнай комплекска түспүппүт.
Күрэх хайдах ыытылынна?
— Күрэх бастакы күнүгэр мас суорааһыныгар, чэй өрөөһүҥҥэ, мас эрбээһиҥҥэ уонна биатлоҥҥа күрэхтэспиппит.
Күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн ырыалаах-тойуктаах, минньигэс сандалы остуоллаах доҕордоһуу киэһэтин бэлэмнээбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх этэ.
Иккис күнүгэр ойбон алларыытыгар, мас хайытыыга, остуолбаҕа ыттааһыҥҥа күрэхтэспиппит. Бу түһүмэхтэртэн ордук мас хайытыыта ыарахан этэ.
Туох баарынан кыахпытынан кииристибит. Күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ааста.
Кыайыыга дьулуурдаах көрдөрүүнү көрдөрбүт кыттааччыларга, үс дьиэ кэргэҥҥэ, бензопила бириис туттардылар, ол курдук Кэбээйиттэн, Үөһээ Бүлүүттэн уонна биһиэхэ туттардылар.
Бу күрэх эһиги дьиэ кэргэҥҥэ туох санааны киллэрдэ?
— Биһиги улууспутугар «Аҕа уолунаан» күрэхпит эрдэ ыытыллара үчүгэй буолуо этэ, кыттааччы эрдэ тэринэн, малын, туттар тэриллэрин эрдэ булунан, ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн, көрдөрүү атын буолуо этэ. Ол эрэн, бу күрэххэ хаһыс да төгүлүн кыттар дьиэ кэргэттэр бааллар эбит. Холобура, Амматтан сылдьар Федоровтар дьиэ кэргэн үһүс сырыыларын кэлэн кыттан, кыайан-хотон таҕыстылар.
Эһиил өссө кыттыаххыт этэ дуо?
— Кыттан. Күрэхтэһээччилэри кытта билсэн, кэпсэтэн, элбэх доҕоттордоннубут. Күрэх үөрүүлээх түмүктүүр чааһыгар сыанаҕа киирээри турдахпытына, күрэхтэһээччилэр «уолун сааһа хаһый» диэн ыйыталлар. «Кини бу сайын 17 сааһын туолар,» диибин. «Оччоҕо эһиил кытта кэлэр эбиккит,» диэн санаабытын көтөхтүлэр.
Эһиил «Аҕа күрэҕэ» үбүлүөйүнэй 25 сыла буолар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куоракка буолар диэн биллэрдилэр.
Түмүккэ тугу этиэххит этэй?
— Биир өттүнэн көрдөххө, маннык тэрээһин аҕа оруола улаханҥа ууруллар күрэҕэ буолар, үлэҕэ сатабылын көрдөрөр, уол оҕону үлэҕэ сыһыарыы, аҕатын кытта биир тэтимнээхтик үрдүккэ талаһыылара буолар. Ол курдук, аҕа уол оҕо иитиитигэр бэйэтин иэйиитин тиэрдиитэ, санаатын ууруута, кинини оҕотун эрэ курдук буолбакка, доҕор-атас оҥостон, бииргэ илдьэ сылдьыыта, оҕо аҕатын убаастыыр, эрэллээх, эрчимнээх буола үүнэригэр төһүү күүс буоларыгар бу күрэх улаханҥа тиэрдэр.
Бу күрэххэ улууспутугар сылын ахсын аҕыйах аҕа кыттар. Күрэх улуустааҕы түһүмэҕэр уолум 8-с кылаас эрдэҕиттэн кытта сылдьабыт. Бастакы кыттааһыммытыгар Маҕараска буолбута. Онно кыттааччы син элбэх этэ, 6 аҕа баара. Ол сыл хаачыстыбанан дьүүллээннэр, 4-с миэстэ буолбуппут. Былырын Орто-Суртка ыытыллыбыта, онно 4 кыттааччы этибит. Эмиэ тэҥнэһэн хаачыстыбанан 4-с миэстэ буолбуппут. Быйыл Бэс-Күөлгэ 3 кыттааччытан кыайаммыт, улууспут чиэһин көмүскээн кэллибит.
Улахан улуустартан ыйыталаһан билбитим, холобура, Аммаҕа 17 нэһилиэктээх улуустан 9 дьиэ кэргэн кыттыбыт. Амма бэйэтиттэн 4 хамаанда күрэхтэспит уонна бастаабыт аҕа бөһүөлэгиттэн Чакыртан 2 аҕа уолунаан уонна 3 атын нэһилиэктэртэн. Итинник курдук, Уус Алдан 35 нэһилиэктээх улуустан бэйэлэригэр кыттааччы аҕыйах — 10 иһинэн. Сорох улуустарга олох да ыыппаттар үһү, холобура, Кэбээйилэр быйыл саҥа кэлбиттэр. Орто Халыматтан кэлбит аҕа эмиэ бэйэм холонон көрөөрү кэлбитим диир. Ырытан көрдөххө, аҕалар ыарахан сылаалаах көрүҥнэрдээх күрэх диэн кыттыбаттар эбит.
Аҕаларга этиэм этэ: ханнык баҕар көрүҥ сылаалаах. Уолун кыттыан баҕарар буоллаҕына, биир санааны ылынан уолгун өйөөн кыттыахха наада. Ханнык баҕар күрэххэ кытыннаххына, кыайыы да буоллун, хотторуу да буоллун бэйэҥ санаааҕын үрдүктүк сананыахтааххын. Биһиги кытынныбыт — бэйэбитин тургутан көрдүбүт, атыттартан уратыта суохпут.
Арсен Афанасьевич, эппиэтиҥ иһин барҕа махтал! Улууспут чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээн кэлбиккитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Дьиэ кэргэҥҥитигэр нус-хас олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!