6 апреля 2024
СӨ норуодунай артистката, норуот сөбүлээн истэр ырыаһыта Раиса Яковлевна Захарова муус устар 6 күнүгэр баара буоллар 70 сааһын туолуохтааҕа. Дьокуускай куоракка олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоскатыгар уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин таһыгар «Ырыа ыллыга» сквергэ Раиса Захарова аатынан ыскаамыйаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Бииргэ үлэлээбит артыыстара, аймахтара, биир дойдулаахтара, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, Раисабыт ырыатыгар сүгүрүйээччи элбэх дьон кэлэннэр ахтан-санаан аастылар.
Ол киэһэ Раисабыт төрөөбүт дойдутугар Солоҕоҥҥо «Дьиҥ талааҥҥар сүгүрүйэн — ыллыыр эн норуотун» диэн ааттаах ахтыы киэһэтэ буолла. Бу тэрээһини бииргэ үлэлээбит СӨ народнай артыыһа Александр Бурнашев олус ылыннарыылаахтык, долгутуулаахтык салайан ыытта, дьэ үс час биллибэккэ ааста. Раиса кыыһа Анна, быраата Михаил дьиэ кэргэнинээн, балта Розалия бааллара тэрээһини киэргэттэ. «Кылыһах» народнай оркестра, Данил Санников, Иван Варламов, Олег Семенов, Айыына Леонтьева ыллаатылар. Концертка Сардаана Степановна Стручкова, Пелагея Пахомова кытыннылар. Бу ахтыы киэһэтэ олус долгутуулаахтык, үрдүк таһымҥа ааспытын дьон-сэргэ саныы сылдьыахтара.