Бэрдьигэстээххэ отчуот

30 января 2023

Нэһилиэнньэ иннигэр 2022 сыл түмүгүнэн бүтэһик отчуот Бэрдьигэстээххэ буолла. Уопсайа 140 олохтоох кэлэн отчуоту иһиттэ. Улуус баһылыга Никита Андреев, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргунов, салайааччылар ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни сырдаттылар. Салгыы мустубут дьон отчуоттуур бөлөхтөн боппуруостарын ыйыттылар, санааларын, этиилэрин киллэрдилэр.

Көрсүһүүнү Бэрдьигэстээх олохтоохторун саамай долгутар боппуруостарыттан — ититии ситимэ, гаас туһунан тустаах тэрилтэлэр — Горнайдааҕы ОДьКХ директора Семен Колесов, «Сахатранснефтегаз» начальнига Юрий Алексеев биллэриилэриттэн саҕалаатылар.

Мустубут дьон уулуссаларыгар гаас стояктара тардылларын, Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит үлэ сылыгар туох үлэ былааннанарын туоһуластылар. Сайыҥҥы бириэмэҕэ баһаары сэрэтэргэ дрон наадатын эттилэр, Афанасий Осипов төрөөбүтэ 95 сылыгар — таһаарыылаах үлэ барарын көрдөстүлэр.

Үлэ сылыгар лааҕырдарга оҕолорго үлэни сөргүтэргэ тэрээһиннэри ыытарга, көҕөрдүү, мас олордуутун өттүгэр үлэни ыытарга санааларын эттилэр.

Гаас өттүгэр — Атын оройуоннары кытары тэҥнээтэххэ, дуогабардаһан баран гаас киллэрбит ыал ахсаана намыһах диэн иһитиннэрдилэр. Онон инники сылларга гаас стояктара тутуллубут ыаллар быйыл гааска көхтөөхтүк холбоноллорун ситиһэргэ үлэ тэриллиэхтээх. Социальнай газификацияннан 13, 14 уулуссаҕа гаас ситимин тардыытын үлэтэ ыытыллыахтаах. Бу уулуссалар ыаллара гааска тутатына холбоноллоро ирдэнэр.

Уу боппуруоһугар — Сыл устата үлэлиир уу ситимин киллэрэргэ, нэһилиэнньэҕэ биир кэлим тариф олохтоноругар үлэ ыытылла сылдьар диэн сырдаттылар. Олохтоохтор чааһынай дьиэлэргэ уу ситимэ киирэрин быһаарсарга көрдөстүлэр. «Биһиги сыалбыт — улуус бары нэһилиэктэригэр централизованнай уу ситимэ баар буолара» — диэн эттилэр.

Автобус туһунан. Бэрдьигэстээх — Маҕарас — Дьокуускай хайысханнан сылдьар автобус сырыытын бэрээдэктииргэ, бөһүөлэк иһинэн сылдьар автобус маршрутун кэҥэтиэххэ диэн нэһилиэнньэ этиннэ. Улуус дьаһалтата иһитиннэрбитинэн билигин куораттан кэлэр автобус Бэрдьигэстээххэ диэри эрэ буолбакка, нэһилиэктэргэ тиийэ сылдьарын быһаарсыы, суот үлэтэ ыытылла турар. Төлөбүр барыта карточканнан барарын кына үлэ ыытыллар.

Саҥа уу таһар водовоз массыынатын, Ковид кэннэ реабилитация ыытарга усулуобуйа тэриллэрин туруорустулар. Өрт уонна Кэптин суоллар ремоннарын, Бэс-Күөл заправкатыгар пропан гаас турара кыалларын, МСО түөлбэтигэр суотабай сибээс хааачыстыбата тупсарыгар, нэһилиэк иһигэр тротуардары тоҕо ыраастаабаттарын, суолу астарбаттарын ыйыттылар.

Сэргэлээх түөлбэҕэ сылаас автобус остановкатын тэрийиигэ, «Сардаана» оҕо уһуйааныгар суол оҥоруутун, «Единое окно оплаты» баар буоларын, психиатр-нарколог быраас балыыһаҕа кэлэрин туруорустулар.