23 января 2023
Убаастабыллаах Горнай улууһун олохтоохторо! Горнай дьаһалтата бу кэлбит 2023 сылга нэhилиэнньэ гаазка холбоноругар субсидияҕа докумуоҥҥутун хомуйсаргытыгар ыҥырабыт.
Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министерствотын субсидиятыгар нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениятын нөҥүө бу сылга гаазтааһын субсидиятыгар 11 млн. 400 тыһ. солкуобайы көрдө. Бу сууммаҕа 76 улуус олохтооҕо субсидия нөҥүө гаазтанар кыахтанна. Көмө кээмэйэ биир дьиэҕэ 150 тыһ.солк.
Субсидияҕа заявлениены оhоҕунан, автономно оттунан олорор эбэтэр киинтэн ититиилээх дьиэ кэргэттэр суруйуохтарын сөп. Дьиэҕэ гааhы киллэриигэ биир кэмнээх харчыннан көмөнү элбэх оҕолоох ыалларга дохуоттарын кээмэйиттэн тутулуга суох буолла.
Ону таһынан, гааhы киллэриигэ харчыннан көмө Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр эмиэ дохуоттан тутулуга суох оҥоһулларын санатабыт.
Сиһилии олорор нэһилиэккит МТ дьаһалтатыгар билсиҥ.
Билсэр нүөмэрдэр: 4-16-40 Улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениета,
4-17-79 Улуус дьаһалтатын социальнай политикаҕа отдела.