29 ноября 2022
«Горнай улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан 90 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн Эһигини итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу сыллар устата Эһиги дьааһылаҕыт нөҥүө сүрдээх элбэх оҕо иитиллэн, улаатан, оҕо саас кэрэ кэмнэрин атааран кэллэ. Хас биирдии иитээччи кырачаан иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгэн эт-хаан, тыл өттүгэр сайыннаран, дьоһун буолан чочуллан тахсарын туһугар бары сатабылын ууран туран үлэлиириттэн киэн туттабыт, астына бэлиэтиибит. Арассыыйа үрдүнэн «Бастакы хардыы» уонна «Мозаичнай паарка» пилотнай былаһаакка бырагыраамматыгар киирэн үгүс өрүттээх үлэни тэрийэн ыытаҕыт. Уһуйаан коллектива материальнай – техническай базаны хаҥатыыга нэһилиэк тэрилтэлэрин, бииргэ хардарыта үлэни тэрийэн үлэлииргитин үрдүктүк сыаналаан көрөбүт.
Сыллата кэллэктиип нэһилиэк, улуус, республика, таһымнаах араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттаҕыт. Манна даҕатан эттэххэ, 2013 сыллаахха «Бастыҥ сайыннарар эйгэ» диэн Бэрдьигэстээх уһуйааннарын кэккэлэригэр бастакы миэстэни ылбыккыт туоһулуурун санаан ааһыахпытын баҕарабыт. Кэнчээри кырачаан оҕолорбутун иитиигэ олохторун анаабыт баспытааталларга, үлэһиттэргэ махтал тылларын аныыбыт. Эһиги сыралаах үлэҕитинэн эдэр көлүөнэ иитээччилэргэ үтүө холобур буолаҕыт. Баай историялаах уһуйааны үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран инникитин өссө да күннэтэ уһуйаан оҕо-аймах чугдаарар саҥатынан туолан, оҕо саас көмүс ньээкэ уйатынан буолан кэскиллээх ыччаппыт өссө да тахса туралларыгар баҕарабыт. Эһиэхэ туох баар үчүгэйи, кэрэни, чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, тулууру уонна үлэҕитигэр өссө да күүстээх, сыралаах ситиһиилэри баҕарабыт!