Ытыктабыллаах Горнай улууҺун полициятын отделениятын үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан-Российскай Федерация ис дьыалатын органнарын сотрудниктарын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

10 ноября 2022

Улуус ис дьыалаҕа отделын сотрудниктара ааспыт сыллар усталаах туораларыгар гражданнар конституционнай бырааптарын уонна көҥүллэрин хааччыйан, улуус экономическай уонна социальнай өттүнэн туруктаах буолуутугар үтүө суобастаахтык үлэлээн кэллилэр. Ис дьыала уорганнарыгар сулууспалааһын дойдуга уонна биэрбит андаҕарга бэриниилээх, государство интириэһин көмүскүүргэ, дьоҥҥо –сэргэҕэ ыарахан түгэннэргэ көмөҕө кэлэргэ куруук бэлэм буолуу холобурунан буолар. Полиция эдэр көлүөнэ үлэһиттэрин иитиигэ сүҥкэн кылааттарын уонна профессиональнай билиилэрин, баай уопуттарын үллэстэр ис дьыала отделын бэтэрээннэрин махтана бэлиэтиибит. Улуус бары олохтоохторун аатыттан Эһиги уустук эрээри олус улахан суолталаах, бэйэни харыстаммат үлэҕит, үрдүк профессионализмҥыт иһин дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, күүстээх санааны, бэйэҕэ эрэли,үлэҕэ ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр, дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Никита Андреев Горнай улууһун баһылыга Алквиад Тарасов Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ